Сунтаар улууһугар кэнники кэмҥэ саҥа сонун тутуу үксээн иһэр. Быйыл Бордоҥҥо эдэр специалистар олорор дьиэлэрэ дьэндэйдэ, оттон улуус киинигэр Духуобунай киини тутуу саҕаланыахтаах, диэн баһылык солбуйааччыта Тимур Иванов иһитиннэрдэ.
Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, Ил Түмэн депутата Александр Уаров, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Максимов, СӨ Бочуоттаах тутааччыта И.Красков соторутааҕыта Бордоҥ нэһилиэгэр эдэр специалистарга ананан тутуллубут түөрт квартиралаах дьиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар.
Оттон Сунтаарга С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан 350 миэстэлээх духуобунай-култуурунай киин тутуутугар аналлаах араас таһымнаах мунньахтар, сүбэлэһиилэр ыытыллаллар. Аҕыйах хонуктааҕыта улуус баһылыга Анатолий Григорьев сүбэ мунньах ыытта.