22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Стерх» страховкалыыр хампаанньа инникитэ быһаарыллыа

14:35, 29 октября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ “Сахамедиа” пресс-киинигэр СӨ бырабыыталыстыбатын  бэрэссэдээтэлин  бастакы солбуйааччы Алексей Александрович  Стручков  “Стерх”  страховкалыыр хампаанньа лиссиэнсийэтин Арассыыйа киин баана төттөрү ылыытын  туһунан брифинг ыытта.


“Стерх” СХ лиссиэнсийэтин төттөрү ылыы туһунан ыйааҕы  алтынньы 27 күнүгэр Арассыыйа Киин баана таһаарда.

“Бу ыйаах — Арассыыйа киин баанын уонна хампаанньа  сүрүн акционера  СӨ бырабыыталыстыбатын кытта бииргэ ылыныылара буолар. Сайын ыытыллыбыт бэрэбиэркэ түмүгүнэн, “Стерх” СХ  үбэ-харчыта бигэ туруга суоҕа, халбаҥа быһаарыллыбыта. «Стерх» СХ үлэтин-хамнаһын бэрэбиэркэлиир быстах кэмҥэ тэриллибит администрация бүгүҥҥүттэн үлэтин саҕалаата. Онон 3-6 ый иһигэр хампаанньа үбүн-харчытын туругун туһунан отчуот оҥоһуллуоҕа итиэннэ хампаанньа салгыы үлэлиирэ  эбэтэр моҥкуруукка барара быһаарыллыаҕа.  Бу хампаанньаҕа страховкаламмыт “Осаго” уонна ипотека кирэдьиитин страховкалара бары сыыйа төлөнүөхтэрэ», — диэтэ Алексей Стручков.

«Стерх» хампаанньаҕа 2018-2019 сс. барыта 270 тыһыынча  страховкалыыр дуогабар оҥоһуллубут, ол иһигэр 213 тыһыынча “Осаго” дуогабара.

Ааптар: Ньургуйаана ИВАНОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА