«Бу сылларга «Социально-экономическое развитие Дальневосточного федерального округа» судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриигэ уонна ВЭФ былаһааккаларыгар Российскай Федерация президенэ ылыммыт быһаарыыларынан регион бэйэтэ эрэ уларыйбата, кини экономиката Азиатскай-Тихоокеанскай региоҥҥа дьайыыта эмиэ уларыйда. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка экономика, социокультуура сайдыытыгар пуорум хас биирдии кыттыылааҕа бэйэтин кылаатын киллэрэригэр пуорум күүстээх былаһаакка буолла, ыаллыы дойдулары кытта сибээһи бөҕөргөтүүгэ экономическай плацдарм буолла», – диэтэ РФ президенин сүбэһитэ, ВЭФ тэрийэр кэмитиэтин эппиэттээх сэкирэтээрэ Антон Кобяков.
Сиһилии https://ysia.ru/stali-izvestny-daty-provedeniya-yubilejnogo-h-vostochnogo-ekonomicheskogo-foruma/