Уус Алдан улууһугар, Суоттуга, быйыл итинник ааттаах лааҕырдар үлэлээн дьон-сэргэ болҕомтотун тардыбыттар. Лааҕырдар үлэлэрин туһунан улууска оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччыттан, лааҕыр начаалынньыгыттан Петр Копыринтан ыйыталастым.
«Быйылгы сылбыт Россияҕа киинэ сыла буоларынан, маҥнай «Синема» диэн лааҕыры үлэлэттибит. Манна Дьокуускайтан режиссердары, сценаристары, артыыстары ыҥыран көрсүһүүлэри тэрийбиппит туһалаах буолла. Ыҥырыылаах ыалдьыттар үлэлэрин-хамнастарын туһунан кэпсээбиттэрин, сүбэ-ама биэрбиттэрин, ыйытыыларга хоруйдаабыттарын оҕолор улаханнык кэрэхсээтилэр. Итинник сонун, сэргэх көрсүһүүлэр оҕолор 20 мүнүүтэлээх олох туһунан киинэ усталларыгар тирэх буолла. Бу дьоһун үлэлэригэр «Айыы Уола», «Таптал», «Сайсары күөлгэ», о.д.а. дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр үлэлэрдээх сценарист Мария Находкина көмөлөстө. Билигин оҕолор ол киинэлэринэн куонкурустарга кыттан көрөр баҕалаахтар.
Салгыы «Доҕордоһуу» музей сиригэр-уотугар «Академия лидера» лааҕырбыт үлэлээтэ. Манна Суоттуттан, Бороҕонтон, Чараҥтан барыта 27 оҕо сылдьар. Күн аайы оҕону эргиччи сайыннарар, билиини-көрүүнү биэрэр, лидер буоларга уһуйар, чэгиэн-чэбдик буоларга сирдиир үлэлэр тиһиктээхтик салҕаналлар. Итини барытын «Дьулуур» оҕолор биир сомоҕо хамсааһыннарын тэрилтэтиттэн (бэрэссэдээтэл Геннадий Охлопков, Дьокуускай), улуустааҕы эбии үөрэхтээһин кииниттэн, Суотту музей-уһаайбатыттан тэриллибит кэллэктиип сатабыллаахтык салайар», — диир Петр Дмитриевич. Оҕолор маны сэргэ музейга экскурсиялыылларын, айылҕаҕа билиини-көрүүнү хаҥатар сыаллаах-соруктаах сылдьалларын этэр.
Онтон педагог Елена Литвинцева «Творец добра», «Рыцарь пера», «Юный правовед», о.д.а. араас хайысхаларынан дьарыктарга оҕолор үөрүүнэн сылдьалларын бэлиэтиир. Маныаха хас биирдии тэрээһин толкуйдатар, дьыалабыай оонньуулардааҕа, күрэхтэһиилэрдээҕэ ордук сэргэхситэрин ыйар.
Кэллэктиип оҕолор лааҕырдарын сөбүлээбиттэриттэн үөрэр. Эһиил үлэлэрин-хамнастарын өссө сайыннаран, кэҥэтэн биэрэр баҕалаахтарын этэллэр.