22 Ахсынньы 22.12
  • -31°
  • $ 102,34
  • 106,54

Севастополь алдьархайа. Бүгүн кутурҕан күнэ

09:33, 24 июня
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев Севастопольга террористическай атаака түмүгэр суорума суолламмыттар чугас дьонноругар уонна аймахтарыгар кутурҕанын биллэрдэ.

«Севастопольга буолбут алдьархайы сүрэхпэр чугастык ылынным. Украина нацистарын дьиикэй быһыыларыттан уонунан эйэлээх олох дьоно эмсэҕэлээтилэр. Хомойуох иһин, кинилэр ортолоругар оҕолор бааллар. Элбэх норуоттаах Саха сирин аатыттан өлбүттэр чугас дьонноругар кутурҕаммын тириэрдэбин. Эчэйиини ылбыттар доруобуйалара чөлүгэр түргэниик түһэригэр баҕарабын», — диэн суруйда регион баһылыга телеграм-ханаалыгар.

Россия оборуонатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, киевтааҕы эрэһиим Севастополь куоракка гражданскай инфраструктураҕа террористическая атаака оҥордо. Украина байыаннайдара АХШ-тан бэриллибит ATACMS оперативнай-тактическай ракетаны туһаннылар. Ракеталар кассеталаах бойобуой чаастарынан таҥыллыбыттар.

Эйэлээх олох дьоно, ол иһигэр оҕолор эмсэҕэлээтилэр.

Севастополь ардьархайынан бүгүн, бэс ыйын 24 күнүгэр, Кутурҕан күнэ биллэриллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА