Мин, сэрии бэтэрээнэ 101 хаарбар үктэммит П.А.Степанов Кыайыы 78 сыллаах үбүлүөйүн көрсө өрөспүүбүлүкэм бэтэрээннэрин, Саха Сирин олохтоохторун, СВО саллааттарын, хамандыырдары кэрэ бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибин.Бары дьоллоох саргылаах олохтонун, доруобай, үлэлээх буолуҥ диэн алгыспын тиэрдэбин.
Быйыл улууһум «Сунтаар солуннара» хаһыата 85 сыла. 2010 сыл ыам ыйыгар «Алаһа» сурунаал үс бэтэрээни ыҥыран Сиэйэ нэһилиэгэр олордохпутуна, көрсүһүү тэрийбиттэрэ, билигин икки саллаат доҕотторум суохтар… Саҥа дьылга СВО-ҕа сылдьар саллаат оҕолоругар бэлэх оҥорон оҕолор барахсаттар үөрүүлэрэ муҥура суох этэ. Кыһыл Армия күнүнэн пилоткабын кэтэн, наҕараадаларбын иилинэн санным көммүккэ дылы буолар. Дьэ, ити курдук күн дьыл элэҥнэччи бүтэн сааска үктэнэн саргылардаах буолуҥ, саха дьоно-сэргэтэ.
П.А.Степанов, сэрии, ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ,
Сунтаар улууһун, Толоон, Сиэйэ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо.