22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Сатаҕай оскуолатын үөрэнээччилэрэ гимн толоруутун сэргээтилэр

16:44, 21 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Амма улууһун бары оскуолаларыгар Ил Дархан Айсен Николаев таһаарбыт анал Ыйааҕын биһирииллэрин биллэрдилэр. Бүгүҥҥү үөрэх күнэ оҕолорго өрөгөй ырыатын толоруутунан саҕаланна.


Сатаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ бүгүҥҥү үөрэх күнүн Российскай Федерация өрөгөйүн ырыатынан саҕалаатылар.

Нэһилиэк баһылыга Семен Давыдов кыттыыны ылла.

“Оскуолабыт директора Иванна Ивановна Шишигина ыччат төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буолуохтааҕар тыл эттэ. Аны мантан ыла хас бэнидиэнньик ахсын сарсыарда 8 ч. 10 мүн., уруок иннинэ, үөрэнээчилэр, учууталлар бука бары биир киһи курдук дойдубут өрөгөй ырыатын толоробут. Үөрэхпит тэрилтэтин салайааччыта бэрээдэги көрүнэри, бэйэ бодотун өрө тардынары тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Оҕолор солун бырайыагы сэргии иһиттилэр уонна өрө долгутуулаахтык дойдубут өрөгөй ырыатын толордулар”, — диэн иһитиннэрдэ оскуола библиотекара Христина Скрябина.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат, Амма улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА