XVIII-с Дойдулар икки ардыларынааҕы научнай-популярнай уонна чинчийэр киинэлэр бэстэбээллэрин чэрчитинэн Санкт-Петербург куоракка «Кочующий музей» диэн продюсер, сценарист уонна режиссер Мила Кудряшова уһулбут киинэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Киинэ Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин «Көһө сылдьар музей» бырайыагын быһыытынан оҥоһуллан киэҥ эйгэҕэ таҕыста.
Киһи сэҥээрэрэ диэн — киинэ Саха сиригэр олорор норуоттар култуураларын көрдөрөр ис хоһоонноох. Манна Туймаада хочотун Улуу тунах ыһыаҕын түһүлгэтиттэн быһа тардыылар, ону кытта эбээн омук бэрэстэбиитэллэрэ, чуолаан Орто Халыма улууһун Березовка көс нэһилиэгиттэн төрүттээх Аксинья Дьячкова-Ефимова уонна Ольга Подобашева-Балаганчик көһүннүлэр.
Киинэ устатын тухары араас култууралары Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин дириэктэрэ Мария Корнилова сирдээн көрдөрдө-иһитиннэрдэ. Ол курдук «Кыл саха» бөлөх кыттыылаахтара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстара Анна уонна Афанасий Томскайдар, ону кытта маастар-виртуоз Руслан Габышев бэйэтин уус илиитинэн оҥорон таһаарбыт кыл струналаах кырыымпаларыгар толоруулара киирбиттэрэ айымньыны ситэрэн-толорон биэрдэ. Көрөөччү саха дорҕоонун эрэ буолбакка, кырыымпа хайдах оҥоһуллан тахсарын көрдө-иһиттэ.
Маны таһынан түмэл үлэтэ, онно хараллан турар история кэрэһиттэрэ арылыннылар. Ааспыт сылга «Кочующий музей» бырайыак чэрчитинэн Санкт-Петербурга уонна Псков куоракка саха норуоттарын култуураларын күннэриттэн, ону ааһан Ыһыах түгэннэриттэн быһа тардыылар киирбиттэр.
Бу курдук икки омугу дьүөрэ тутан, дойдубут уһук хоту кыраайыгар олорор баай култууралаах, үгэстээх уонна төрүт тыллаах саха уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ эбээн норуотун тустарынан Санкт-Петербургтан сылдьар режиссер устан көрдөрдө.
Мила Кудряшова бэйэтин санаатын кытта бу курдук үллэһиннэ:
Мин Саха сирин кытта 2019 сыллаахтан ыла үлэлэһэбин. Бу сыллар усталарыгар сэттэ бырайыагы, ол иһигэр түөрт документальнай киинэни уһуллум. «Кочующий музей» — төрдүс үлэм буолар. Бу иннинэ «Мой личный дракон», «Женский голос Артики», «Чыскыырай — женщина саха» киинэлэрдээхпин.
Үлэлэрим тиэмэлэрэ — төрөөбүт дойдуга таптал уонна хоту норуоттар култууралара. Дойдубут кытыы регионнарыгар интэриэһим мээнэҕэ буолбатах. Мин эбэм Красноярскай кыраайтан төрүттээх. Ол иһин миигин хоту диэки куруук тардар, төрүт омуктар култууралара хааммар баар.
Саалаҕа мустубут дьону ыалдьыттар, Нам улууһун кииниттэн П.П.Ядрихинскай — Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ, Култуура туйгуна Вера Колпашникова уонна Сандр Находкин салайааччылаах «Эдэр Тэтим» фольклорнай ансаамбыл кыттыылаахтара эҕэрдэлээтилэр. Төрүт муусука инструменнарын доҕуһуолугар норуот ырыатын толорон ытыс тыаһын хомуннулар.
Маны сэргэ Санкт-Петербург куоракка олорор Орто Халыма улууһун Березовкаттан сылдьар биир дойдулаахтар — Евгения Беглова-Балаганчик махтал тылын биллэрдэ, ону кытта эдьиийдии-балыс Галина Сайко уонна Айна Иванова ийэлэрин тылларыгар уонна матыыбыгар эбээннии ыллаан эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Анфиса Слепцова, Санкт-Петербург