Саха сиригэр гидрологическай балаһыанньа борогунуоһу кытта тэҥҥэ баран иһэр. Критическай балаһыанньа бэлиэтэммэт. Саха сирин территориятыгар 4 суһал бөлөх Россия ЫБММ регионнааҕы салаатынан тэриллэр. Састаапка 44 киһи уонна 14 техника баар, СИА биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Нүүйэ эбэҕэ муус барыытын аллараа кытыыта 50 км үөһэ, үөһэ кытыыта – 150 км аллараа Орто Наахараттан, уу таһыма кэмниир мастан кыра, муус хамсааһына бэлиэтэнэр. Муус устуутун уһуна 100 км. Сууккаҕа 160 км хамсаата.
Өлүөхүмэ өрүскэ уу таһыма кыралаан хамсатар, сууккаҕа 4-6 см, Дьиикимдэ – Куду-Күөл учаастагар. Сууккаҕа уу таһыма 10-35 см. Арыллыыта ыам ыйын 11-13 күннэригэр күүтүллэр, Дьиикимдэ — Куду-Күөл учаастагар.
Тээнэ эбэ төрдүгэр киирдэ.
Сиһилии https://ysia.ru/na-rekah-yakutii-kriticheskih-urovnej-vody-ne-zaregistrirovano/