4 Ахсынньы 04.12
  • -28°
  • $ 106,19
  • 112,02

Саха сирин олохтоохторугар ыҥырыы: Табаххытын быраҕыҥ!

15:18, 05 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биһиги оскуолабытыгар биир да үөрэнээччи табахтаабат буоларын ситистибит! Бу ыҥырыыбытын төрөппүттэргэ эмиэ туһаайабыт. Төрөппүттэр бэйэлэрэ табахтыыр буоллахтарына, кинилэр да оҕолоро табахха олус чугас сылдьаллар, хаһан баҕарар бу куһаҕан дьаллыкка убанан хаалыахтарын сөп. Ол иһин, табахсыт төрөппүттэр, оҕолоргут чэгиэн доруобуйалаах буолуохтарын баҕарар буоллаххытына, табаххытыттан түргэнник босхолонуҥ!

Биһиги төрөппүттэрбит ыалдьыбакка, уһуннук уонна дьоллоохтук олоруохтарын баҕарабыт. Хас биирдии киһи уһун үйэлээх буолан, эһээ, эбээ, хос эһээ, эбээ сааһыгар тиийиэхтин! Хаһан эрэ Саха сирин биир да олохтооҕо табах диэни тардыбат, арыгы диэни испэт, чөл туруктаах, үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах, ыраас өйдөөх-санаалаах буолуо диэн эрэнэбит.

Ол кэм түргэнник кэлэрин туһугар бары турунуоҕуҥ!

Үөһээ Бүлүү улууһун Николай Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА