Сүүстэн тахса саха маастара Оонньууга кыттар дойдулар былаахтарыттан уонна күрэхтэһии көрүҥнэриттэн таҥыллыбыт ураты панно оҥордо. Идеята саас биллибитэ, оттон чочуйан оҥоруута ыам ыйыгар саҕаламмыта.
Саас WhatsApp мессенджерга «Уран тарбах талааннаахтар» («Умелые ручки») диэн бөлөх арыллан, бырайыакка кыттарга маастардар бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ.
«Тигиини ыам ыйыгар саҕалаабыппыт. Манна Оонньууга кыттар дойду былааҕа барыта баар, күрэхтэһии көрүҥнэрэ эмиэ киллэрилиннилэр. Панно ортотугар Саха сирин картата ойууланар. Биир маастар биир былааҕы эбэтэр биир спорт көрүҥүн тигэр диэн үлэни аттарбыппыт. Бырайыакка барыта өрөспүүбүлүкэ 100-тэн тахса олохтооҕо кытынна», — диэн СИА-ҕа волонтер Мария Емельянова кэпсээтэ.
Үлэ олус сыралаах диэн маастардар билинэллэр. Хас биирдии ормамены чуолкайдык түһэрэр сорук турбута. Аппликация, оҕуруо туттулубут. Хас биирдии былаах а4 кумааҕы саҕа кээмэйдээх.
«Миэхэ Узбекистан тиксибитэ. Тигиитигэр наһаа өр кэм барбатаҕа. Айана уһун буолар: ким хайдах суолу булбутунан. Холобур почтанан, таксинан, билэр дьоннорунан нэһилиэктэртэн ыыталаабыттара. Бу күннэргэ барыта хомулунна, салгыы холботолоон эрэ биэрилиннэ«, — СИА-ҕа 4№-дээх коррекционнай оскуола учуутала Лидия Егорова кэпсээтэ.
Панноны ситэриигэ, бүппүт көрүҥүн биэрэн бэлэмнээһиҥҥэ Дьокуускай куоракка хас да маастар кэллэ: Чурапчы Одьулуунуттан Елена Михайлова, Тулагыттан норуот маастара Розалия Арсентьева, «Вдохновение» кулууп салайааччыта Светлана Захарова.
2 да 3 м кээмэйдээх панно «Азия оҕолоро» Оонньуу түмүктүүр тэрээһинигэр «Туймаада» стадиоҥҥа туруоруллар. Ол кэннэ Саха сирин спордун музейыгар бэриллэр.