25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сирин делегацията Кытайга оробуочай сырыы оҥордо

10:01, 21 апреля 2023
Текст:
Фото: пресс-служба главы и правительства Якутии
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Атыы-экономика эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин туһунан кэпсэтиини Саха сирэ Кытайга сылдьан ыытта. Бөлөҕү бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко салайда.

Саха сирин делегацията Кытай хампаанньаларыгар регион инвестиционнай кыаҕын кэпсээтэ. Маны сэргэ Кытайга Саха сиригэр оҥоһуллан тахсар табаары, сиртэн хостонор баайы экспортыыр кыаҕы көрдүлэр. Манна өрөспүүбүлүкэҕэ Кытайтан оборудование, массыына, транспорт, химическай бородууксуйа киириитин туһунан эмиэ этилиннэ.

2022 сыл түмүгүнэн Саха сирэ уонна Кытай тас атыытын эргиирэ 90% улаатта. Бу сиртэн хостонор баай, чох уонна ону оҥорон таһаарыы экспорта киирсэр. Билигин саҥа транспортнай көрүдүөр сайдыыта үөрэтиллэр, ол иһигэр Амур өрүһүнэн Дьэлиҥдэ — Мохэ тимир суол тутуута.

Санаттахха, Саха сирэ уонна Кытай доҕордоһуулара баар буолбута ыраатта. 2004 сыллаахтан регион бэрэстэбиитэлистибэтэ Пекиҥҥа баар. Өрөспүүбүлүкэ 19 муниципальнай тэриллиитэ Кытай 24 муниципалитетын кытта бииргэ үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА