Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 60 470 гектар иэннээх сиргэ сэттэ ойуур баһаара умуруорулунна, ол иһигэр Орто Халыма улууһугар 58 855 гектардаах улахан ойуур баһаара. Бу туһунан брифиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Сарсыардааҥы туругунан региоҥҥа 440 340 гектар иэннээх сиргэ 77 ойуур баһаара бара турар. 56 667 гектардаах сиргэ 10 улахан ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэр салҕаналлар. Уоту кытта Ньурба, Мииринэй, Кэбээйи, Өлөөн, Сунтаар, Орто Халыма уонна Уус-Маайа улуустарыгар охсуһаллар. Үлэҕэ 443 киһи уонна 38 тиэхиньикэ тардылынна.
«Ээйик нэһилиэнньэлээх пуун таһынааҕы баһаар туһунан кэпсиир буоллахха, сэлиэнньэҕэ быһыы-майгы холку, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суох. Бүгүн туттуллубат оҕо сынньанар лааҕырын аттыгар үлэлэр былааннаналлар», — диэтэ Коноплев.
Өрөспүүбүлүкэҕэ эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ үлэлии турар. Кэбээйи уонна Өлөөн улуустарыгар муниципальнай ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ оннунан хаалар.
Санатар буоллахха, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев профильнай биэдэмистибэлэргэ уонна муниципалитеттар баһылыктарыгар уот көстөр түгэнигэр баһаардары түргэнник умуруорар соругу туруорда.



