Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 197 415 гектар оттуур ходуһа оттоммут, 177 847 туонна от бэлэмнэммит, бу былаантан 40%. Ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр ити көрдөрүү 88% тэҥнэһэр этэ. Быйыл барыта 443 881 туонна оту бэлэмниир былааннаахпыт. Бу туһунан СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
«Билигин от бэлэмнээһиҥҥэ 9 455 звено, ол иһигэр 2 382 механизированнай, 5 145 механизированнай аҥардаах, 198 атынан уонна 1775 киһи илиинэн оттууллар. 11 785 тыраахтар уонна 31 507 киһи»,-диэн министиэристибэ пресс- сулууспата иһитиннэрдэ.
Кэлэр кыстыкка оту тиэйэр кээмэйи аччатар сыалтан өрөспүүбүлүкэ 17 оройуонугар мобильнай биригээдэлэр тэриллибиттэрэ. Билиҥҥитэ мобильнай биригээдэлэринэн 1 759 туонна от бэлэмнэннэ. Ыраах оттуур учаастактарга 43,5 тыһ. туонна оту бэлэмниир былааннаахпыт.
Дьааҥы улууһугар сыллааҕы былаан 8 205 туонна от буолла. Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан 2168 туонна от бэлэмнэннэ былаан кээмэйиттэн 26,4%. Чурапчы улууһугар 34 000 туонна (былаантан 88%), Кэбээйигэ 14 000 туонна (былаантан 36%), Аммаҕа 30 400 туонна (былаантан 50,4%).
Санатан эттэххэ, Дьааҥы, Кэбээйи, Горнай уонна Чурапчы улуустарыгар күн-дьыл усулуобуйатыттан ыарахаттары көрсүбүттэрэ. Атын оройуоннарга аһылык хампаанньата былаан быһыытынан барар.