Өрөспүүбүлүкэҕэ баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан уонунан ойуур уонна ландшафт баһаара бэлиэтэннэ, ол гынан баран уот сиэбит иэнэ былырыыҥҥытааҕар быдан кыччаата. Бу туһунан «Якутия, вперед!» биэриигэ ыам ыйын түмүктэрин таһаарарыгар регион баһылыга Айсен Николаев эттэ.
«Биһиэхэ номнуо хас да ойуур уонна ландшафт баһаардара бэлиэтэннилэр. Ити эрээри умайбыт иэнэ кыра — 1 тыһыынча гектартан арыый тахса. Былырыын бу кэмҥэ уот 60-тан тахса тыһыынча гектары сиэбитэ. Ол аата, былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, биһиэхэ олус улахан намтааһын баар», — диэтэ Айсен Николаев.
Саха сирин баһылыга систиэмэлээх сэрэтэр, бэлэмнэнэр үлэ көмөтүнэн ойуур баһаардарын балаһыанньата биллэрдик уларыйбытын бэлиэтээтэ.
«Мониторинг үчүгэйдик үлэлиир, ону таһынан муниципальнай тэриллиилэр сэрэтэр үлэлэрэ көдьүүстээҕин көрдөрөр. Бу сезоҥҥа баһаардар 100% киһи дьайыытыттан тахсаллар», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.



