РФ Премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев Саха сиригэр федеральнай суолталаах ”Новосибирскай арыылара” айылҕа заказнигын тэрийэр туһунан дьаһалга илии баттаата.
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин Булуҥ улууһугар (оройуонугар) уопсайа 6594496,3 гектар иэннээх федеральнай суолталаах “Новосибирскай арыылара” судаарыстыбаннай айылҕа заказнигын 1700372 гектар иэннээх сири учаастактары бас билээччилэртэн уонна туһанааччылартан ылбакка эрэ уонна 4894124,3 гектар иэннээх уу фондатын сиригэр тэрийэргэ”, — диэн докумуоҥҥа этиллэр.
РФ Бырабыыталыстыбата Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Саха сирин бырабыыталыстыбатын кытта федеральнай заказнигы тэрийиинэн бары тэрийэр дьаһаллары ыыталларыгар, ураты харыстааһын режимин олохтуулларыгар сорудахтаата.
Докумуоҥҥа этиллэринэн, дьаһал Россия Айылҕа харыстабылын министиэристибэтинэн федеральнай бүддьүөккэ көрүллүбүт ураты харыстанар сирдэри-уоттары үлэлэтиигэ уонна сайыннарыыга көрүллүбүт бүддьүөт үбүнэн толоруллуохтаах.