Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Саха сирин ыалдьыттары көрсүү Ассоциациятын кытта бу сылтан саҥа идэҕэ абитуриеннары ылыахтара — гостиница дьыалата, ол туһунан ассоциация эттэ.
ХИФУ-га бюджекка 10 истэн уонна 15 кэтэхтэн миэстэ арыллар.
Киирии эксээмэннэрэ: обществоведческай билии төрүттэрэ, нуучча тыла булгуччулаах, история уонна омук тыла талыыга.
«Гостиница бизнеһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ кадр тиийбэт. Саха сиригэр туризм кыаҕын арыйыыга сайдар индустрияҕа бэйэбит кадрдарбытын бэлэмниэхпитин наада», — диэтэ ассоциация бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тымырова.
Бырайыак «Туризм и индустрия гостеприимства» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Выпускниктар сорохторо Дьокуускайга тутуллуохтаах саҥа гостиничнай комплекска үлэлиэхтэрэ. 12 этээстээх дьиэ 150 араас категориялаах хостордоох, рестораннаах уонна да атын инфраструктуралаах буолуоҕа.