22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр 43 тыһыынчаттан тахса бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбата бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр хамнаһы үрдэтии үрдэтии иккис түһүмэҕин туһунан быһаарыы ылынна. 43,3 тыһыынчаттан тахса бүддьүөт үлэһитигэр хамнас үрдүөҕэ. Ааҕыыны бу сыл бүтүөр диэри оҥоруохтара, диэн регион үлэҕэ министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэрин СИА кэпсиир.

2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн хамнаһы хат ааҕыахтара диэн чуолкайданар. Бу сыалга эбии 1,5 млрд солк. көрүлүннэ.

Хамнаһы хат ааҕыыны оҥоруохтара:

9,2%  уопсай уонна эбии үөрэхтээһин үлэһиттэригэр, үрдүк үөрэх кыһаларын преподавателлэригэр, быраастарга, социальнай үлэһиттэргэ, тулаайах оҕолорго уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго социальнай өҥөнү оҥорор үлэһиттэргэ;

үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин орто медицинскэй персоналыгар 8,2% ;

орто профессиональнай үөрэхтээһин преподавателлэригэр уонна маастардарыгар 7,0%;

култуура тэрилтэлэрин сүрүн персоналыгар 3,0 %.

Бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэр туһунан нормативнай-правовой акталар барыта сэтинньи 20 күнүттэн хойутаабакка ылыллыахтаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА