16 Муус устар 16.04
  • $ 75,23
  • 88,73

Саха сиригэр 12 муус суол үлэтин тохтотто

11:09, 16 апреля
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Саха сиригэр муус устар 16 күнүттэн 12 муус суол үлэтин тохтотто, ол иһигэр сүрүн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан, ЫБММ регионнааҕы салаата иһитиннэрдэ. Бары тырааныспардарга айан бобуллар.

8 муниципальнай суолталаах

Уус Майа: Петропавловскай – Троицк (Алдан өрүс);

Ньурба: Өҥөлдьө – Киров (Марха);

Алдан: Аллараа Кураанах – Хатыстыыр (Селигдар);

Өлүөхүмэ: Умнас – Маача (Маача);

Өлүөхүмэ: Кыыллах – Даппарай (Өлүөнэ);

Алдан: Томмот – Чагда (Алдан);

Томпо: Хаандыга – Новай (Алдан);

Томпо: Мэҥэо-Алдан – Кириэс Халдьаайы (Алдан).

2 өрөспүүбүлүкэ таһымнаах

Уус Алдан: Кангалас – Суотту (Өлүөнэ);

Уус Майа: Уус Майа – Элдьикээн (Алдан).

2 федеральнай таһымнаах

Хаандыга – Мэҥэ Алдан (Алдан);

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх (Өлүөнэ).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА