22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ федеральнайдааҕы суоллары суотабай сибээһинэн хааччыйар туһунан этиини бэлэмниир

10:57, 25 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Лена», «Бүлүү» уонна «Халыма» трассаларга суотабай сибээс антеннатын-мачтатын тэриллэрин уонна ыстаансыйатын тутар туһунан бырайыагы Саха сирэ бэлэмниир. 


Техническэй садаанньаны оҥорууга этиилэри Саха сирин былааһа регион сиригэр үлэлиир сибээс оператордарын кытта тэҥҥэ быһаараллар.

Федеральнайдааҕы бюджеттан антенна-матч тэриллэрэ уонна киирэр-тахсар суоллар, эбийиэктэр уоттара оҥоһуллаллар. Сибээһи тардыынан куонкурус түмүгүнэн кыайан, судаарыстыбаннай хантыраак түһэрсибит оператордар дьарыктаныахтара.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи инновация министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, федеральнайдааҕы трассаларга суотабай сибээһи киллэриии 2024 сылга дылы «Цифровая экономика» национальнай бырайыак чэрчитинэн барыахтаах. Саха сирин бырайыагын олоххо киллэриигэ куонкурсу РФ сибээскэ министиэристибэтэ быйыл саас ыытар былааннаах.

Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи суоллары эмиэ сибээһинэн хааччыйар сорук турар. Сокуон уларыйбытынан, РФ субъектара сибээс эйгэтин бырайыактарын бэйэлэрэ үбүлүүр быраабы ылаллар.

«Лена» трасса уһуна 1,138 тыһ. км, «Бүлүү» — 2,143 тыһ. км, «Халыма» — 1,187 тыһ. км.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА