Сахастат барыллаан дааннайдарынан, 2026 сыл от ыйын бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр 25,2 тыһыынча төбө ынах сүөһү (сылы кытта тэҥнээтэххэ 2,3% аҕыйах) баар. Сылгы ахсаана — 35,8 тыһыынча төбө (-3,2%), көтөр — 558,3 тыһыынча (-25,9%).
Онон Уһук Илин федеральнай уокурукка Саха сирэ сылгынан бастыҥ көрдөрүүлээх: сылгы уопсай ахсааныттан 73,8%-на уонна Арассыыйа үрдүнэн сылгы уопсай ахсааныттан 18,9%-на биһиэхэ баар.
Ынах сүөһү ахсаанынан өрөспүүбүлүкэ Бурятия эрэ кэннигэр хаалар (32,8 тыһыынча төбө).



