22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиир

10:28, 05 октября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ытыктабыллаах учууталлар, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Учуутал күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бу бырааһынньык биһиги дойдубутугар ураты ытыктанар. Хас биирдии киһи тапталлаах учууталларын, кэскиллээх суолу таларга көмөлөспүт дьонун туһунан сылаас, сырдык, үтүө өйдөбүлү илдьэ сылдьар. Бу бэлиэ күҥҥэ биһиги айымньылаах үлэлэригэр бэриниилээх, муударай уонна тулуурдаах дьоммутугар – учууталларбытыгар, педагогтарбытыгар, преподавателлэрбитигэр махтанабыт.

Бүгүн үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ уһулуччулаах учууталлар уонна педагогтар бөлөхтөрө төрүттээбит бастыҥ үгэстэрин өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тиһигин 43 тыһыынчаттан тахса педагогическай үлэһитэ салгыы сайыннарар. Өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылыгар уонна ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 105 сылыгар анаммыт Саха сирин учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһэ бу бүгүн аһыллара ураты бэлиэ суолталаах. Эрэгийиэҥҥэ үөрэҕи салгыы сайыннарар стратегическай дьаһаллар киэҥ дьүүллэһии түмүгэр ылыллыахтара.

Билиҥҥи уустук кэмҥэ Ийэ дойдуга тапталы, Аҕа дойдуга бэриниилээх буолууну, Россия элбэх омуктаах норуотун дьиҥ сыаннастарын иҥэрии Саха сирин эдэр ыччата сиэрдээх дьон быһыытынан үүнэн тахсарыгар бигэ олугу ууруоҕа. Учууталларбыт уонна педагогтарбыт үрдүк таһымнаах, сыралаах үлэлэрэ, сылаас сыһыаннара өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут чэчирии сайдарын туһугар көдьүүстээхтик үлэлиир көхтөөх гражданнары иитэн таһаарарга төһүү күүс буолар диэн бигэ эрэллээхпин.

Оҕолорбут үөрэҕи-билиини ылалларыгар ханна олороллоруттан тутулуга суох тэҥ усулуобуйалаах буолалларын туһугар биһиги туох-ханнык иннинэ Саха сиригэр үөрэх аныгы эйгэтин тэрийэргэ дьулуһабыт. Ол курдук кэнники сылларга 41 саҥа оскуола, 66 уһуйаан тутулунна. Быйыл 13 оскуола уонна 6 уһуйаан үлэҕэ киириэҕэ. Ону тэҥэ оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэрэ салгыы ыытыллар. Балаҕан ыйыгар “Үүнүү туочуката” сыыппара уонна гуманитарнай хайысхалаах 110 үөрэх саҥа киинэ аһылынна. Оскуолалар аныгы тэрилинэн уонна тиэхиньикэнэн хааччыллаллар. Бу барыта үөрэтиигэ бастыҥ технологиялары уонна ньымалары туһанар усулуобуйаны тэрийии буолар.

Уопсастыбаннас көҕүлээһининэн үөрэх уонна иитии тутаах соруктарын бииргэ быһаарарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Төрөппүт сүбэтэ тэрилиннэ. Оҕолорбут хаачыстыбалаах уонна барыларыгар тиксэр үөрэҕи ылалларын туһугар туох кыаллары барытын оҥоробут.

Бүгүҥҥү бырааһынньыгынан бары учууталларга, педагогтарга, преподавателлэргэ уонна педагогическай үлэ бэтэрээннэригэр чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, үгүс өрүттээх үлэҕитигэр өрө көтөҕүллүүнү, ситиһиини, дьолу-соргуну уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

А.С. Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана         

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА