Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарар, көҕүлүүр инниттэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ быйыл аан маҥнай көмө үбү бу сыалга анаан көрдө.
Маныаха министиэристибэ “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2012 – 2020 сс. тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьетун уонна аһын-үөлүн ырыынактарын сүрүннээһин” судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн “Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы” хос бырагырааманы оҥорон киллэрбитин бырабыыталыстыба бу дьыл муус устар 25 күнүгэр 120-с №-дээх уурааҕынан бигэргэппитэ.
Бу хос бырагырааманы олоххо киллэрэргэ быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 72 мөл. солк. суумалаах үп көрүллүбүтэ. Министиэристибэ муус устар ыйга муниципальнай оройуоннар ортолоругар куонкурус биллэрбитэ. Сүүмэрдээһин түмүгүнэн улуустар сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга туһуламмыт бырагыраамаларын кыттыгас үбүлээһиҥҥэ субсидия үбэ олохтоох бүддьүөккэ түһэриллэр.
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Афанасий Семенов бэрэссэдээтэллээх куонкурус хамыыһыйата ааспыт нэдиэлэҕэ мунньахтаан, 12 сайаапка киирбитин көрөн баран, 9 улууһу кыайыылааҕынан билиннэ. Бүлүү, Ньурба, Хаҥалас улуустара кыайан ааспатылар. Санатан эттэххэ, сүүмэрдээһиҥҥэ маннык ирдэбиллэр туруоруллубуттара: улуус сүөһү аһылыгар аналлаах култууратын ыһар иэнэ 500 гектартан итэҕэһэ суох, муниципальнай бүддьүөттэн кыттыгас үбүлээһинэ 2 мөл. солкуобайтан аҕыйаҕа суох уонна тутуллуохтаах сиилэһин умуһаҕа 300 туоннаттан кырата суох сабардамнаах буолуохтаахтар. Ону тэҥэ тутуллар күрүө устата, тиэхиньикэнэн саҥалыы сэбилэниитэ уонна быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэриитэ эмиэ аахсыллар.
Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы улуустара ирдэбилгэ барытыгар сөп түбэһэннэр, 3,9 мөл. солкуобайтан 12 мөл. солкуобайга диэри кээмэйдээх көмө харчыны ыам ыйын бүтүүтүгэр министиэристибэлиин Сөбүлэһии түһэрсэн бараннар, бэс ыйын саҥатыгар илиилэригэр тутуохтара. Биллэн турар, элбэх үбү укпуттар үгүөрү көмө үбү ылыахтара. Ол курдук, намнар 11,4 мөл., таатталар 9,6 мөл., аммалар 9,5 мөл. солкуобайдыыны олохтоох бүддьүөттэриттэн уган олороллор. Онон сүөһү аһылыгар харчыларын харыстаабатах улуустар сүүйүүлээх хаалар буоллулар.
Министиэристибэ салалтата бу нэдиэлэ субуотатыгар Нам улууһугар тахсан, сүөһү аһылыгын оҥоруу боппуруоһугар мунньахтыа уонна сир үлэтинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга сылдьыа. Былырыын былааннарын толорботох Эҥсиэли хочотун үлэһит дьоно быйыл күүрэн-хааран туран үлэлииргэ эрэллээхтэр.