2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Россия уонна Иран икки ардыгар туристар бөлөхтөрүгэр визаны туттууну тохтотуохтара. Ол туһунан «РИА Новости» Иран культураҕа министерствотын маркетиҥҥа уонна туризм сайдыытын управлениетын баһылыга Лейла Аждари тылыгар сигэнэн суруйда.
Аждари эппитинэн, визата суох айан 5 — 50 киһилээх туристар бөлөхтөрүгэр эрэ көҥүллэнэр. Туристар тиийбит дойдуларыгар 15 хонук сылдьаллара көҥүл.
Маннык сөбүлэҥ өрүттэринэн Иран-Россия туризмҥа техническай кэмитиэтин иккис мунньаҕар түһэрсиллибит.