26 Сэтинньи 26.11
  • -22°
  • $ 103,79
  • 108,87

Россия бырабыыталыстыбата Аллайыахаҕа «Кыталык» национальнай паарканы тэрийдэ

13:23, 26 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бырабыыталыстыбата «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн икки национальнай паарканы тэрийдэ: «Кыталык» Саха сиригэр уонна «Токинско-Становой» Амур уобалаһыгар. Бу туһунан ТАСС Россия айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр сигэнэн иһитиннэрэр. 


Бырабыыталыстыба уурааҕынан, Аллайыаха улууһугар 1,9 мөл гектар иэннээх сиргэ «Кыталык» национальнай паарка тэрилиннэ.

Сүрүн сыалынан илиҥҥи-сибиирдээҕи кыталыгы ууһатыы уонна харыстааһын буолар. Кыталык — Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна РФ Кыһыл кинигэлэригэр  киллэриллибит.

«Национальнай паарка тэрийэн туундараны, табаны хотугу норуоттар айылҕаны туһаныыларыгар үгэстэри өйөөһүн уонна экологическай туризмы сайыннарыы буолар«, — диэн этэллэр туһааннаах министиэристибэҕэ.

Пааркаҕа 21 көрүҥ үүтүнэн иитиллээччилэр уонна 91 көрүҥ көтөр, ол иһигэр 63-һэ уйаланааччылар бааллар. Кинилэри сэргэ, бөрө, кырса, росомаха, андаатара, кэрбээччилэр биистэрин ууһа, дьиикэй таба, тайах, киис, кырынаас, лааска, эһэ, овцебык бааллара биллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА