Дьокуускайга “Сыл учуутала-2018” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан кэлбит педагогтар өрөспүүбүлүкэ аатын балаҕан ыйыгар Бүтүн Россия таһымыгар көмүскүүр иһин күрэстэһиэхтэрэ.
Учууталлары уруоктар, маастар-кылаастар, педагогическай сэбиэт күүтэллэр.
Нам улуустааҕы гимназиятын химияҕа учуутала Алина Гаврильева бастаан науканан дьарыктаммыта, онтон 27 сааһыгар химия учууталынан үлэлииргэ быһаарыммыта. “Учуутал идэтинэн куонкурустарга кыттыахтаах. Манна биһиги уопут атастаһабыт, саҥаны билэбит”, — диэн кини санаатын үллэһиннэ.
Кыайыылааҕы үөрэх министиэристибэтиттэн, биэдэмистибэннэй тэрилтэлэртэн салайааччылар уонна урукку сыллардааҕы бастыҥ учууталлар быһаарыахтара.
Үөрэх уона наука миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай: “Хас биирдии учуутал – гражданскай актыбыыс. Кини уруокка эрэ кэлбэт, кылаас уонна оскуола таһыгар тахсар: араас тэрээһиннэри, биэчэрдэри ыытар, үөрэнээччигэ уонна төрөппүккэ ыкса сыһыаны олохтуур”, — диэтэ.