Ахсынньы 5 күнүгэр Ил Дархан доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр 2021-2023 сылларга былааннаммыт тутуулар тула мунньах ыытта.
Билигин Дьокуускайга 210 куойкалаах радиология салаалаах өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология уонна кардиология диспансердара тутулла тураллар. Маны таһынан 245 миэстэлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй инфекционнай киин тутуллара былааннанар.
Онкология диспансерын былааннамытыттан биир сыл урутаан 2022 сылга үлэҕэ киллэрэр сорук турар. Диспансерга эбии нейроонкология салаатын аһары толкуйдууллар.
Кардиодиспансеры 2021 сыл ахсынньытыгар киллэрэр сорук турар.
Айсен Николаев балыыһалар аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир буолуохтаахтарын этэн туран, 2015 сылга бырайыактаммыт мэдиссиинэ тэриллэрэ эргэрбиттэрин, саҥардар туһуттан бүддьүөккэ эбии харчы көрөр наадатын эттэ.
Баараҕай тутуулары таһынан, ыйыллыбыт болдьоххо өрөспүүбүлүкэ үдүнэн биэс эбийиэги тутар сорудах турар: Бүлүүгэ, Чурапчыга балыыһа комплекстарын, Муома улууһун Хонуу нэһилиэгэр 22 куойкалаах, Уус Маайаҕа 45 куойкалаах, Таатта Ытык Күөлүгэр поликлиника дьиэлэрин.
Маны таһынан 33 эбийиэк 2021 сылга хапытаалынайдык өрөмүөннэнэрэ былааннанар.