Атырдьах ыйын 4 күнүгэр СР сүрүннүүр архитектора Ирина Алексеева Нам улууһугар үлэлиир былаанынан, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппаанытыгар кэлэн, «Мавра» күөл дьон-сэргэ, ыччат, оҕо-уруу сынньанарыгар анаан тупсарыллан оҥоһулла турарын көрдө-иһиттэ.
Бу бырайыагы олохтоох дьаһалта оҥорон, нэһилиэнньэ куоластаан «Комфортная городская среда» уонна «1000 дворов» диэн программаларынан үбүлэнэн, үлэ предприниматель Владислав Соловьев салайыытынан көдьүүстээхтик бара турар. Быйыл бу бырайыак силигин ситэн түмүктэниэхтээх. Билиҥҥи туругунан сынньанааччы хаххаланан олорор сирин оҥорбуттар, оҕо оонньуур былаһааккаларын, эти-хааны эрчийэр турниктары туруора сылдьаллар, сынньалаҥ дьиэтин акылаатын түһэрбиттэр уонна тротуардары уура сылдьаллар, салгыы үлэ былаана киэҥ.
Ирина Дмитриевна үлэни билсэр, көрөр кэмигэр тутааччыларга үгүс сүбэни биэрдэ, кэрэ миэстэни тулалыыр олбуор оҥоруутун тула кэпсэттилэр, ону таһынан скейт-парк балаһааккатын тупсарыыга республика специалистарын кытары бииргэ үлэлэһэргэ сорудахтаата. Программаны олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлииртэн, алтыһыыттан дьон-сэргэ сынньалаҥын тупсарыыга сөптөөх усулуобуйа тэриллэрэ саарбаҕа суох.
Семен Аргунов
Энсиэли