Бүгүн — сарсын Нам улууһугар тренер, энтузиаст Андрей Петрович Ушницкай кэриэһигэр сэттис төгүлүн хабылыкка, хаамыскаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи турнира буолар.
Алтынньы 25 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр КСК-ҕа республика бастыҥнара, саҥа саҕалааччылар хамаанданан эстафетаҕа кыттыахтара. Ону тэҥэ, хаамысканан умсаах күөрэгэй, сулус диэн көрүҥнэри оонньуохтара.
Турнир иккис күнүгэр хабылык, 5-тээх, 7-лээх хаамыска сытыы киирсиилэрэ күүтэллэр. Түмүккэ турнир муҥутуур кыайыылааҕа аатын былдьаһыахтара. Кыайыылаахтар, призердар мэтээллэринэн, грамотанан бэлиэтэниэхтэрэ. Бастыҥнары анал бириистэр күүтэллэр, суруйда Маргарита Охлопкова «Эҥсиэли» хаһыат.