Биэс медицина мобильнай биригээдэтэ Муома, Эдьигээн, Дьааҥы уонна Аллайыаха улуустарыгар кулун тутар бүтүөр диэри үлэлииллэр.
12 ыарахан суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиийэн, 1892 киһи доруобуйатын көрдүлэр. «Дьааҥыга икки биригээдэ үлэдлиир, 17 быраас. Барыта 425 киһини Сайдыыга, Оһохтооххо, Чөрөмчүгэ, Үҥкүргэ, Барыласка, Сыһыы-Мэйиитигэр, Балаҕа көрдүлэр. Үксүн сүрэх-тымыр, уҥуох-былчыҥ, эндокриннай, ис-үөс ыарыылаахтар бааллар. Түөрт пациент «злокачественнай» искэҥҥэ бэрэбиэркэҕэ Дьокуускайдыахтара», — диэтэ бөлөх салайааччыта Сардана Владимирова.
Барыта кулун тутар 9 — 14 күннэригэр Арктика түөрт улууһугар 1892 киһини, ол иһигэр 1225 улахан киһини уонна 667 оҕону көрдүлэр. Билигин мобильнай биригээдэ саҥа маршруту оҥорор.
Санаттахха, бырайыак Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн ыытыллар.