Сорох бааннар Уһук Илиҥҥэ эдэр ыалларга бэриллэр ипотека бырагырааматын ыстаапкатын өссө кыччатар былааннаахтар. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин вице-премьердары кытта мунньаҕар иһитиннэрдэ диэн СИА ТАСС-ка сигэнэн иһитиннэрэр.
«Ааспыт сыл ахсынньытыттан биһиэхэ «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагыраама үлэлиир. Ол чэрчитинэн 20 сылга болдьохтоох 2 бырыһыаннаах кирэдьиити дьиэ атыылаһыыга ылыахха сөп. Маннык өҥөнөн Россияҕа 7 000-тан тахса эдэр ыал туһанна«, — диэтэ Михаил Мишустин.
Кини эппитинэн, «коронавирус тарҕаммыт кэмигэр дьону өйүүр сыалтан сорох бааннар бу бырагырааманан ыстаапканы өссө кыччатар былааннаахтар».