Мииринэй улууһун олохтооҕо Виктор Витеско «Уһук илиҥҥи гектар» бырагырааматынан ылбыт сиригэр 140 кв м иэннээх тэпилииссэ туттубут. Урбаанньыт биир дойдулаахтарын сылы эргиччи күөх үүнээйинэн хааччыйар баҕалаах.
Виктор уруккуттан оҕуруот аһын үүннэрэр баҕатын олоххо киллэрэн, «гектар» ылан, тэпилииссэ туттубут. «Иккис сылбын дьарыктанабын. Коммуникация боппуруоһа уустук буолла: уоппун икки сыла быһа тартым, ититии трассатын — биир сыл», — диир урбаанньыт.
Саҥа дьыл бырааһынньыгар Мииринэй олохтоохторо бэйэ олордуу салаатын сииллэрин курдук, Виктор салаат үүннэрэн саҕалаабыт. «Барыс туһунан этэр эрдэ. Олохтоохтор бэйэ аһыгар баҕалаахтар, кэҥииргэ, сайдарга санаалар бааллар эрээри уот, гаас сыаната үрдүгэ киһини атахтыыр. Саҥа саҕалааччыларга элбэх тулууру баҕарабын», — диир Виктор Витеско.
Саха сиригэр «дальневосточнай гектары» 14800 киһи ылбыт, тоҕус тыһыынчаттан тахса дуогабар түһэрсиллибит. Ордук Амма, Ньурба, Нам, Чурапчы, Хаҥалас улуустара туһаммыттар.