Аллараа Бэстээххэ тутулла турар универсальнай саалалаах уонна бассейннаах спортивнай комплекс 2020 сыл ахсынньытыгар үлэтин саҕалыаҕа. «Спорт — норма жизни» бырагырааманан «Демография» нацбырайыагынан тутуллар биир бөдөҥ эбийиэк буолар, СИА суруйар.
“Спортивнай комплекс Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторугар эрэ анаммат, манна илин эҥэрдэр бары сылдьыахтара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Эбийиэк нэһилиэнньэ спордунан дьарыктанарыгар төһүү күүс буолуоҕа”, — диэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин.
Аллараа Бэстээх олохтоохторо этэллэринэн, комплекс үлэҕэ киириитэ улахан событие, бу иннинэ кинилэр физкультуранан дьарыктанар сирдэрэ суоҕун бэлиэтииллэр.
“Аллараа Бэстээххэ аҕыйаҕа суох спортсмен баар, ыаллыы улуустарга эбэтэр тырааныспар техникумун спортсаалатыгар баран эрчиллэллэр. Онон билигин спорт сайдыытыгар улахан күүс бэрилиннэ. Мин бэйэм алта сааспыттан футболлуубун, билигин кыыспын харбааһыҥҥа эрчилиннэриэхпин баҕарабын”, — бөһүөлэк олохтооҕо Александр Тишков кэпсээтэ.
Бастакы этээскэ 503 көрөөччү тэҥинэн киирэр универсальнай спортивнай саала, бассейннар, сауна, медицинскай кабинет, таҥас уларыттар сир, инвентарнай уонна тренердэр хосторо баар. Иккис этээһигэр остуол тенниһэ, аэробика, күүһү-уоҕу бэлэмнээһин саалалара, инвентарнай, тренер, буфет уонна административнай хостор бааллар.
Эбийиэк күҥҥэ 1,5 тыһыынча киһини киллэриэн сөп.
Тэрилтэни тустууга Олимпийскай саппаас спортивнай оскуолатын кытта холбуур былааннаахтар.