Өрөспүүбүлүкэтээҕи В.Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр киин уонна Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института федеральнайдааҕы эксперименниир былаһаакканы үлэлэтэр туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр. «Совершенствование системы подготовки спортивного резерва по национальным видам спорта в условиях Северо-востока Российской Федерации (на примере Республики Саха (Якутия)» бырайыак үлэтин саҕалаата.
Манчаары аатынан киин дириэктэрэ Гаврил Мохначевскай эппитинэн, былаһаакка спорт национальнай көрүҥнэригэр ситимнээхтик бэлэмнэниигэ кыаҕы үөскэтиэ, аныгы тэрийэр-методическай ньымалар туттуллуохтара. Маны сэргэ спорт эйгэтигэр саппааһы уонна спортсменнары бэлэмнииргэ хаачыстыбаны үрдэтиигэ научнай бигэргэтиллибит сүбэлэр бэриллиэхтэрэ.
Чинчийиилэр, мониторинг, уопуттуур-эксперименниир үлэ тиһигин быспакка ыытыллыаҕа, ол иһигэр тренердэр, исписэлиистэр, методистар квалификацияларын үрдэтии тэриллиэҕэ.
Источник: sportyakutia.ru.