22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үлэ ырыынагар медиктэр наадалар

17:29, 03 мая 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Билиҥҥи үйэҕэ ханнык баҕарар киһи үлэтэ суох дьон халыҥ аармыйатын хаҥатыан сөп. Урукку өттүгэр үлэлээбэккэ күүлэй тэбэ сылдьар киһини иһэн-аһаан борогууллуур, үлэ дьиссипилиинэтин тутуспат, сүрэҕэ суох дии саныыр этибит. Оттон билигин Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит ыччат, үрдүк үөрэхтээх бэрт интэлигиэнтинэй көрүҥнээх эдэр да, эмэн да элбэх. Үлэтэ суох буолуу кыһалҕата саастарынан араарбакка, кими баҕарар хаарыйар.

Сыыппара хараҕынан

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэтэ суох дьон ахсаана 2008 с. 43 523 киһи этэ, 2018 с. 36 305 киһи буолбут. Уонча сыл иһигэр 7218 киһинэн үлэтэ суох ахсаана аҕыйаабыт. Саамай муҥутаан 2011 с. үлэтэ суох киһи ахсаана элбээн, 51 667 тиийэ сылдьыбыт.

2017 сыл бүтүүтүгэр Арассыыйа үрдүнэн 76 мөл. 313 тыһ. үлэлиир кыахтаах киһи баарыттан 3 мөл. 873 тыһ. үлэтэ суох. Ол иһин, нолуок, Пенсионнай пуондаҕа, социальнай страховкалааһыҥҥа усунуос төлөөбөттөр. Уһук Илин федеральнай уокуругу ылан көрдөххө, 3 мөл. 325 тыһ. үлэлиир саастаах киһиттэн 186 700 үлэтэ суох. Саамай элбэх үлэлээбэккэ ускул-тэскил сылдьар 55 200 киһи Приморскай кыраайга бэлиэтэммит. Киһи сөҕүөх, Чукоткаҕа баара-суоҕа 500 эрэ киһи үлэтэ суох. Саамай кыра көрдөрүүлээх кинилэр эрээри, нэһилиэнньэ ахсаанын ылан көрдөххө, онно 31 400 киһи үлэлиир саастаах.

Сахабыт сиригэр 493 400 үлэлиир саастаах киһи баарыттан 2017 с. бүтүүтэ 39200 киһи үлэ булбакка сылдьыбыт.

Орто хамнас 60-62 000 солк.

Киһи түргэнник үлэ булбат биир төрүөтэ диэн хамнаһы мыыныы. Оннооҕор үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит эдэр оҕолор 30 000 солк. хамнастаах үлэни сирэллэр. 2018 с. бүддьүөт үлэһитин орто хамнаһа 60-62 000 солк. диэни хаһыакка ааҕаннар, бары итиччэ хамнастаныахтарын баҕараллар. Онтон дьиҥ олоххо үгүс тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамнастарын кэмчилиир, кыраны төлүүр интэриэстээхтэр.

Үлэтэ суох дьоҥҥо бэриллэр босуобуйа 2009 с. уларыйбакка турар, саамай муҥутаабыта ыйга 6860 солк. төлөнөр. Биллэн турар, бачча харчыга куоракка сатаан олорбоккун, ол иһин хомунаалынай хаһаайыстыба өҥөтүн төлүүргэ ыал уопсай дохуотун ааҕан көрөн баран субсидия оҥороллор.

Кирэдьиит төлөөһүн тохтотуллуон сөп

Ипотекалаах, кирэдьииттээх эрээри, быстах кэмҥэ үлэтэ суох хаалбыт дьон бааҥҥа тиийэн сайабылыанньа суруйаллар, оччоҕуна Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турар киһиэхэ утары бараллар. Бырыһыан аахпакка эрэ кылгас кэмҥэ кирэдьиити тохтотуохтарын син.

Билиҥҥи үйэҕэ үлэтэ суох буолууттан ким да көмүскэнэр кыаҕа суох. Маннык кыһалҕа тирээтэҕинэ, судаарыстыба өттүттэн оҥоһуллар өйөбүл үгүс, ол туһунан сиһилии Дьарыктаах буолуу кииниттэн билсиэххэ сөп.

Мария Слепцова, Дьокуускай куорат дьарыктаах буолууга киинин салайааччыта:

— Кэрэ аҥаардар ортолоругар үлэ ырыынагар саамай ирдэниллэр идэлэр ахсааннарыгар: быраастар, медицинскэй сиэстэрэлэр, атыы-эргиэн үлэһиттэрэ киирэллэр. Кинилэр ханна баҕарар үлэ булар кыахтаахтар, куоракка, тыа сиригэр барытыгар. Урукку өттүгэр үксүн дьахталлар үлэтэ суох этилэр, оттон билигин үлэ көрдөөччү 53 % эр дьон.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА