Дьокуускай куорат сүрүн болуоссатыгар «Кэрэ ситимэ» үҥкүү устуудьуйата бэйэтин бырайыагынан кытынна. Ийэ уонна кыыс бииргэ буоллахтарына, дьиэ кэргэн чөл туруктанарын кинилэр бэйэлэрин холобурдарыгар көрдөрөллөр.
«Россия ийэлэрэ» Бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова бу бырайыагы тоҕо өйөөбүтүн туһунан бу курдук кэпсээтэ:
— Устуудьуйа Виктория Варламова-Контоева уонна Екатерина Романова тэрээһиннэринэн 26-с нүөмэрдээх оскуолаҕа кииннэнэн үлэлиир. Куорат ийэлэрэ бэйэлэрин кыргыттарын кытта бииргэ сынньалаҥнарын атааралларыгар усулуобуйа тэриллэр. Биһиги хамсааһыммыт үөрүүнэн кинилэри өйүүр. «Доруобай ийэ, доруобай оҕо» девизпитигэр олус сөп түбэһэр. Бу бырайыак олус аныгылыы быһыылаах уонна бары өттүнэн туһалаах. Ийэ уонна кыыс бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннара бүтүн дьиэ кэргэҥҥэ туһалыыр.
Прасковья Борисова бу күн «Кэрэ ситимэ» тэрийбит флешмобугар көхтөөхтүк кыттан, дьоллоох оҕо саас туһугар туруулаһыыны өссө биирдэ көрдөрөргө баҕа санаатын эттэ. «Күндү ийэлэр, оҕолоргутугар тапталгытын, үөрүүтэ куруук бэлэхтии сылдьыҥ. Үтүө санаа туһугар бииргэ үҥкүүлээҥ», — диэтэ кини.