1555 сыл кулун тутар 1 күнүгэр Нострадамус диэн псевдонимынан биллэр Мишель де Нострдам (Michel de Nostredame, 1503-1566) бэйэтин бастакы билгэлээһиннэрин «Пророчества Мишеля Нострадамуса» диэн кинигэҕэ суруйан бэчээттэппит. Билгэлээһиннэр рифмаламмыт катреннар халыыптарынан суруллубуттар – түөртүү строкалаах, центурияҕа бөлөхтөспүттэр, диэн суруйар calend.ru.
Бэлиэ күннэр
ХНТ (ЮНЭЙДС) — Дискриминацияны утарар күн[1]. Бу күн ЮНЭЙДС (ВИЧ/СПИД утары ХНТ программата) көҕүлээһининэн ыытыллар. Ол эрээри, бэлиэ күн аҥардас биир ыарыыга ылларбыт дьон тэҥ бырааптарыгар эрэ болҕомто тардыынан муҥурдаммат, хабар эйгэтэ киэҥ: дискриминация ханнык баҕарар көстүүлэрэ дьону тэҥэ суох гыналлар, дьон олоҕун айгыраталлар. Бэлиэ күн быйылгы тимэмэтэ: Дьахтары уонна кыыһы дискриминациялыыры төрдүттэн суох оҥоруу.
Гражданскай көмүскэнии аан дойдутааҕы күнэ.
Комплимент аан дойдутааҕы күнэ [2].
Түбэлтэлэр
- 1945 — Аан дойдутааҕы харчы пуондата тэриллибит.
- 1967 — Мэҥэ Хаҥаласка Герой Попов аатынан совхоз тэриллибит.
- 2008 — Читинскай уобалас уонна Агинскай-Бурятскай автономнай уокурук холбоһоннор Забайкальскай кыраай үөскээбит.
Төрөөбүттэр
- 1932 — Роза Шелехова — устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1934 — Николай Тобуруокап — лингвист учуонай, литэрэтиирэ кириитигэ, филология билимин дуоктара.
- 1934 — Иннокентий Томскай (01.03.1934—19.09.2001) — саха биллиилээх учуонайа, экономика билимнэрин дуоктара.
- 1935 — Нүһүлгэн — философия билимин дуоктара, профессор, бэйиэт уонна литэрэтиирэ кириитигэ.
Өлбүттэр
- 1981 — Таллан Бүрэ (Ефрем Степанович Сивцев) — Саха суруйааччыта.