«Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2024 сылга диэри 14 коррекционнай оскуолаҕа аныгылыы үлэ мастарыскыайдара тэриллиэхтэрэ.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору үлэҕэ уһуйуу «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Аныгы оскуола» диэн федеральнай бырагыраама көмөтүнэн олоххо киирэр. Бырагыраама коррекционнай оскуолалар материальнай базаларын саҥардар, профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ туһуламмыт саҥа тэриллэринэн хааччыйар.
«Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 22 коррекционнай оскуола баар. Итинтэн национальнай бырайыак чэрчитинэн 2024 сылга диэри 14 оскуола субсидия ылыа. Бу оскуолаларга барыта 1,9 тыһ.оҕо үөрэнэр«, — диэн үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Тыырыллыбыт үпкэ тыа хаһаайыстыбатын, уһанар мастарыскыайдары тэрийиэхтэрэ. Маны таһынан, психолог, дефектолог, логопед кылаастарын саҥардыахтара. Компьютернай, спортивнай, химия, биология, физика кылаастарын аныгы ирдэбилгэ эппиэттэһэр гына тэрийиэхтэрэ.
Быйыл икки оскуоланы саҥардыахтара, маныаха 15 мөл солк көрүллүбүт. Билигин наадалаах тэриллэр ылыллыбыттар, сыл бүтүөр диэри мастарыскыайдарын аһыахтара.