Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр суолга быһылаан тахсар кыһалҕата билигин даҕаны сытыытык турар. Суоппардар пассажирдарга эппиэтинэһэ суохтук сыһыаннаһаллара араас саахалга тириэрдэр. Бэлиэтээн эттэххэ, кыһалҕаны сүрүннээн көҥүлэ суох таксистар таһаараллар.
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саахал тахсыыта олус элбэх. Саахалы үксүн көҥүлэ суох таксистар таһаараллар», — диэн СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Семен Винокуров бэлиэтээтэ.
2018 сыл саҕаланыаҕыттан ыла, дьону тиэйэн иһэр массыыналар саахалларыгар 9 киһи суорума суолламмыт уонна 22 киһи эчэйбит.
Бу күннэргэ айаны хонтуруоллуур уорганнар уонна урбаанньыттар мустан суолга саахал тахсар кыһалҕатын быһаарар туһунан кэпсэттилэр. Дьокуускай автовокзалын генеральнай дириэктэрэ Саргылаана Готовцева эппитинэн, дьону тиэйэн иһэр суоппардар эппиэтинэһи өйдүөхтэрин наада. Көҥүллээх таксистар эппиэтинэһи өйдүүллэр, дьону сымнаҕас уонна куттала суох айаннаах тириэрдэллэр. Айанньыкка билет хайаан да бэриллиэхтээх. Автовокзалтан айанныыр массыына анаммыт бириэмэтигэр барар. Суоппардар массыыналарын туругун куруутун көрүнэ сылдьаллар. Суоппардары айаҥҥа туруна иликтэринэ доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлииллэр.
Көҥүллээх урбаанньыт, «Аргыс» такси дириэктэрэ Макар Николаев бэлиэтээн эттэ: «Мин оптуобустарым бары тахографтаахтар. Тахограф суоппардар сынньаналларын уонна суоппардар төһө түргэнник айанныылларын хонтуруоллуур».
Кэпсэтии кыттыылаахтара суолга куттала суох буолуу үлэтин салгыы ыытарга элбэх этии киллэрдилэр. Сүрүннээн, көҥүлэ суох дьону таһар суоппардары хонтуруоллуур федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннары уларытыахха уонна күүһүрдүөххэ наада диэн бэлиэтээтилэр. ГИБДД уонна кэтээн көрөр уорганнар үлэлэрин күүһүрдэр этиилэр киирдилэр.