22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өймөкөөҥҥө сүппүт бөртөлүөтү көрдөөһүн тохтотулунна

14:33, 23 сентября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өймөкөөн оройуонугар сүппүт Eurocopter бөртөлүөтү көрдөөһүн түмүгү биэрбэтэ. Салгыы үлэлэр тохтотулуннулар, диэн иһитиннэрэр СИА. 


Санатар эбит буоллахха, балаҕан ыйын 13 күнүгэр Eurocopter бөртөлүөт Уус-Ньара — Аяма күөл — Уточан үрүйэ — Уус-Ньара хайысханан балык тиэйиитигэр көппүтэ. Быһа барыллаан, Москва бириэмэтинэн 13.20 чааска экипаж спутнигынан сибээскэ тахсара тохтообута. Бортка үс киһи баара биллэр. Көрдөөһүн үлэлэр түмүгү биэрбэтилэр.

«Бөртөлүөтү көрдөөһүн үлэтэ тохтотулунна, салгын тырааныспара көстүбэтэ. Үлэҕэ санитарнай модуллаах Ми-8МТВ сырытта, ити эрээри үс күннээх көрдөөһүн тугу да булбата», — диэн СИА-ҕа «Полярные авиалинии» авиахампаанньа иһитиннэрдэ.

Көрдүүр үлэҕэ халлаан туруга мэһэйдээтэ – туман, былыт, маны сэргэ сирин-уотун далааһына ыарахаттардаах. Көрдүүр үлэҕэ авиационнай координационнай киин уонна регионнааҕы көрдүүр бааза сырыттылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА