Күһүҥҥү кэм биир үтүө өрүтэ көрсүһүү-алтыһыы, түмсүһүү, сонун атастаһыыта, ситиһии, кыайыы үөрүүтүн үллэстии, оҥорбуту-туппуту киэҥ эйгэҕэ таһаарыы буолар. Этэргэ дылы онно быыстапка, манна кэнсиэр, итиннэ маастар кылаас, айар-тутар сыл саҕаланыыта уо.д.а. Биир оннук үтүөкэн тэрээһин – Хатас олохтооҕо, талаан тарбахтаах, дьоһун дьоҕурдаах Ефимова Анна Ильинична тус быыстапка арыллыыта «Симэх» арт галерея Аржаков уулуссаҕа турар дьиэтигэр буолан ааста.
Быыстапка аата даҕаны этэринии «Ийэ кутум суолунан» диэн сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох, эйэҕэс-элэккэй эйгэлээх. Анна Ильинична бу быыстапкатын ис хоһооно, тутула саха дьахтарын сырдык, сылаас сыдьаайдаах мөссүөнүн толору туоһулуур. Кырдьыга даҕаны өбүгэ саҕаттан үйэлэри туораан кэлбит үгэспитинэн, тыйыс айылҕалаах дойдубут ирдэбилинэн, сурукка киирбэтэх уталыйбат сокуонунан саха дьахтара барахсан сатабыллаах, сүрэхтээх буолан тоҕус ыйдаах томороон тымныыны, аҕыс ыйдаах аргыары, сэттэ ыйдаах сэллээбэт силлиэни билиннэрбэт, ардахха-хаарга илийбэт гына иистэнэр, оҥорор-тутар эбит. Манна кини өркөн өйө, кыраттан элбэҕи таһаарара, суоҕу баар гынара, мындыра быһаарар оруолу ылара. Анна Ильинична төрөппүт ийэтэ Стручкова Анна Иннокентьевна барахсан уонча оҕотун, кэргэнин, кэргэнин дьонун таҥаһынан – сабынан хааччыйан, аһынан-үөлүнэн хатаҕалаан дьоно тоҥмокко-хаппакка үлэлээн-хамсаан, сайдар-үүнэр олох аартыктарын арыйыстахтара…
Кинини удьуордааннар ийэ ууһун тэнитэр кыргыттара Вера, Надежда, Анна Ильиничналар Хатастар тарбахха баттыыр сатабыллаах, дьоҕурдаах, туппуттарын ыһыктыбат далбардар. Онон Анна Ильинична быыстапкатыгар Вера Ильинична, Надежда Ильинична үлэлэрэ эмиэ бааллар.
Быыстапкаҕа саха төрүт ииһин араас көрүҥүттэн барытыттан араас кэрэ оҥоһуктар бааллар – тирииттэн, сарыыттан, хабахтан, кыбытык тигиинэн, быысапканан, тимиргэ тиийэ. Анна Ильиничнаны төрүт-иис эйгэтигэр киирээтин кытта сонно тута бэлиэтии көрөннөр кини айымньыларын Санкт-Петербург, Москва курдук мэҥэ улахан куораттарга, омук сирдэринэн тилийэ сүүрдүбүттэрэ, онно тиийэн сахабыт сирин аар саарга аатырдар үрдүк таһымнаах маастардары кытта тэҥҥэ хаамсар, айар-тутар. Сүрдээх эппиэтинэстээх, мындыр, ииһигэр олус бириинчик, олох эҥкилэ суох тэҥ суоллаах-иистээх, кыраһыабай буочардаах, ураты тыыннаах буолан үлэлэрэ дьикти ураты, уйан көрбүтү эрэ барытын умсугутар дьикти туруктаахтар. Иис-күүс эйгэтэ дьарыктанааччыттан бүүс бүтүннүү бэриниилээх буолууну, өй-санаа түмүллүүтүн ирдиир, бу этиллибит хаачыстыба барыта Анна Ильиничнаҕа баар.
Быыстапкаҕа турбут үлэлэри көрөн, уонунан сылларга үлэлэрин сыаналаан, ситиһиилэрин, кыайыыларын ааҕан туран «Симэх» Арт галерея салалтата, хамыыһыйата мэктиэлээн Ефимова Анна Ильиничнаҕа СӨ Уус-уран оҥоһуктарын маастарын үрдүк аатын иҥэрдилэр. Дьэ бу буоллаҕа ситимнээх үлэ ситии быа курдук быстыбат ситиһиитэ, сыаллаах-соруктаах үлэ кыайыыта-хотуута, түмсүүлээх буолуу күүһэ-кыаҕа. Хатастааҕы «Тускул» КК (салайааччы Чепалов В.А) иһинэн үлэлиир «Симэх» Арт галерея (салайааччы Игнатьева Я.В) өйөбүлүнэн арыллыбыт «Дом ремесел» (салайааччы Жиркова Т.Г) кэккэ сылларга төрүт иис-күүс эйгэтигэр сэргэхтик, таһаарыылаахтык, үтүө түмүктэрдээхтик айара-тутара бу түгэҥҥэ эмиэ бэрт чаҕылхайдык көһүннэ. Манна буоллаҕа дии бииргэ буолартан бигэтийии, түмсүүлээх буолартан күүһүрүү, өйөбүллээх-өйдөбүллээх буолууттан көҕүлэһии, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһүү. Хатас талааннаах, сатабыллаах дьонун аатын доргуччу ааттатар аартыгы арыйар «Симэх» Арт галерея махталбыт муҥура суох.
Хатас нэһилиэгэр олорор, үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар СӨ норуотун маастардара Саввина Людмила Степановна, Малышев Андрей Лукич, СӨ Уус-уран оҥоһуктарын маастардара – Дегтярева Мария Сергеевна, Пестерева Анна Петровна, Апросимов Алексей Алексеевич, Ефимова Анна Ильинична, Терентьев Александр Зиновьевич – Айдын Уус. Күндү биир дойдулаахпыт бу дьон ааттарын өйгөр тут, кинилэринэн киэн тутун, салгыы кэпсээ, сэһэргээ.
Наталья Руфова, Хатас