Манна хаһаайыстыбаларга ынахтар төрөөн эрэллэр. Улахан Ааҥҥа (тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ А.П. Карпова) сүөһү ахсаана эбиллэн эрэриттэн исписэлиистэр санаалара көтөҕүллүбүт.
Салгыы Өлүөхүмэҕэ эмиэ азоту, сиэмэни тиэрдибиттэр. “Өлүөхүмэ кыладабыайа” агрофирмаҕа таарыйбыттар. Үҥкүргэ, 2-с Нөөрүктээйигэ, Кыыллаах Арыыга, Абаҕаҕа сылдьан, үлэни-хамнаһы билсибиттэр. Таарыччы тиэхиньик-осеменатордары үөрэппиттэр.
Бүгүҥҥү туругунан, агрофирма Бөлкөй пиэрмэтигэр 35 ынах төрөөбүт. Былырыын манна “Эллада № 112” диэн ынах 7061 киилэ үүтү биэрбит буоллаҕына, быйылгы көрдөрүүтэ — 7400 киилэ үүт. Икки ынахтан алта тыһыынчаттан тахса үүтү үрүлүппүттэр. Онон хаһаайыстыбаҕа рекорду олохтообут ынахтар бааллар.
Ити курдук, “Сахаагроплем” СБТ ынаҕы буоһатыыга отделын (сал. Лазарь Барбахтыров) исписэлиистэрэ хаһаайыстыбалары кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр, суруйда Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат.