Быйыл Арассыыйаҕа Үтүө дьулуур сыла биллэриллибитинэн сибээстээн, 2018 сыл Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр Уопсастыбаннай түмсүүлэр сылларынан биллэриллибитэ.
edersaas.ru
Ол иһин быйылгы сыл тэрээһиннэригэр түөлбэлэр уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин тэтимирдэн, үгүс тэрээһиҥҥэ дьон олус көхтөөхтүк кыттар.
Ыһыах — дьону түмэр айылгылаах үөрүүлээх тэрээһин буолан, нөмүгүлэр ыһыахтарыгар ыраахтан-чугастан үгүс ыалдьыт кэллэ. Бочуотттаах ыалдьыт быһыытынан Ил Түмэн депутата Дмитрий Семенов, Тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректора Иван Слепцов кыттыыны ыллылар. Оттон нэһилиэк уопсастыбаннай түмсүүлэрэ сэлэлии хааман киириилэрэ — мустубут дьон болҕомтотун тута тарта.
Нэһилиэк уопсастыбынньыктара маннык көхтөөхтүк хааман киириилэрин биир бэйэм быйыл саҥа бэлиэтии көрдүм. Бастаан түөлбэлэр салайааччылара дьоннорун-сэргэлэрин кытта киирдилэр, онтон уонтан тахса уопсастыбаннай түмсүүлэр киирэн сэлээлэн хаамтылар.
Нөмүгүлэр күндү ыалдьыттарынан Монголия Өрөспүүбүлүкэтин Улан Батор куоратын 61 №-дээх оскуолатын учууталлара уонна үөрэнээччилэрэ буоллулар. Бу оскуола уонна Покровскай к. орто оскуолата бэйэ-бэйэлэрин кытта 2016 сылтан доҕордуу сыһыаннааахтар эбит. Ол курдук, муус устар ыйга Монголия оскуолатын оҕолоро Улан-Удэҕэ уонна Покровскай куоракка анаан кэнсиэрдии кэлэ сылдьыбыттар. Быйылгыттан ыла бу оскуола салалтата үөрэнээччилэригэр анаан «Хомус» киинин тэрийбит. 2020 сылга «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар култуурунай тэрээһиннэрин чэрчитинэн «Хомус» киинэ улахан кэнсиэр туруорар соруктаах. Бу туһунан орто оскуола дириэктэрэ Ауюш Бухимааг бэйэтин эҕэрдэ тылыгар бэлиэтээтэ.
Нөмүгү ыһыаҕар Улан Батор орто оскуолатын оҕолорун айар кэлэктиибин улахан аҥара Саха сиригэр иккис сылдьыыта эбит.
Ыһыах аһыллыытын церемониятын кэмигэр трибунаҕа мустубут көрөөччүлэри барыларын уопсастыбанньыктар уохтаах кымыһынан уонна алаадьынан аһаттылар. Дьэ, элбэх киһини аһатыах диэтэххэ, алаадьылара да бүппэтэ! Онуоха сотору буолан билбитим, кистэлэҥэ диэн, хонууга эдэр хатыҥнар аттыларыгар олорон, Августа Гаврильева салайар «Ньургуһун» уопсастыбаннай түмсүү дьахталлара алаадьылаан сырылата олороллор эбит. Ол да иһин сып-сылаас алаадьылара бүтэн биэрбэтэх! Араас эмтээх оту хомуйар, оҕуруот аһын, сибэкки үүннэриитинэн дьарыктанар уопсастыбаннай тэрилтэ 90-ча чилиэннээх.
Алаадьыны ыһыахтыыр түһүлгэҕэ астаан, тута ыалдьыттары күндүлээһини мин ыһыах биир сонун арыйыытын курдук ылынным.
Нөмүгүлэр оһуохайга кыралыын-улаханныын бэрт көхтөөхтөр эбит.
Сахалыы таҥас сиэдэрэйэ эмиэ манна баар.
Эдэркээн ийэлэр эмиэ суолталаах ыһыахха олус бэлэмнэнэн кэлбиттэр.
«Сахамедиа» салайааччыта Алексей Чертков Нөмүгү олохтоохторун ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээн туран, Хаҥалас сиригэр кини эдьиийэ Мария Черткова моонньоҕону үүннэрэн, үлэ сонун уопутун сайыннарбытын уонна күтүөтэ, саха биллиилээх суруйааччыта Иван Гоголев-Кындыл Хаҥалас сиригэр айымньылаах айар үлэтэ саҕыллыбытын бэлиэтээтэ. Алексей Сергеевич «Сахамедиа» тэрилтэ аатыттан нэһилиэк баһылыгар сэмэй бэлэҕин туттарда.
Дьиктитэ баара, баһылык ураһатыгар ыалдьыттыы олордохпутуна, биир чыычаах аттыбытыттан арахсыбата. Онон Ыһыах күн муусука оннугар чыычаах ырыатын доҕуһуолунан саха аһын тото-хана амсайдыбыт.
— Халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэрбитигэр көмөҕө анаан, Дьокуускай куоракка олорор хаҥаластар 5 мөл. солк. харчыны хомуйдубут. Онон биир дойдулаахтарбытыгар дьоһуннаах көмөнү утары ууннубут.
Бу манна олорооччу үгүс ыалдьыт сэбиэскэй кэмҥэ Монголияҕа сулууспалаабыппыт. Онон бу ыраах дойдуттан кэлэ сылдьар дьон биһиэхэ эдэр сааспыт умнуллубат күннэрин санаттыгыт.
Оттон бу көтө сылдьар чыычаах манна уйа туттубут сиригэр икки бырааттыы норуот дьоно түмсэн кэпсэтэ олорорбут — дьикти бэлиэ түгэн. Ол аата манна олорооччуларга бииртэн биир, саҥаттан саҥа идиэйэ, тосхол уйаланан, олоххо киирэн иһиэҕэ, — диэн санаатын тиэртэ «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, Хаҥалас улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахтар уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччы Афанасий Ноев.
… Ити курдук, Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин уопсастыбынньыктарын Түмсүү ыһыаҕа Саха национальнай бырааһынньыгын күн бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллан, дьон-сэргэ дууһатыгар умнуллубат өйдөбүлү сахта.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.