Бу күннэргэ бассаап бөлөхтөрүгэр Горнайга тыатааҕыны бултаабыттарын туһунан устуу киэҥник тарҕанна.
Кырдьаҕас булчуттар аар тайҕа хаһаайына бу кэмҥэ арҕаҕыттан тахсара диэн, бэрт сэдэх көстүү диэн этэллэр. Туохтан бачча эрдэлээбитин таайар уустук.
Улуус биир бастыҥ булчута Бүөтүр Жирков: “Арҕаҕар тарыҥ уута киирбитэ буолуо. Урукку оҕонньоттор итинник диэччилэр. Хата эрдэ ылбыттар. Аны саас олох иэдээни оҥоруо этэ. Ити эргин сылгылары кыайыа хаалла. Дьэ, маладьыастаабыттар” – диэн сонуну үөрэ иһиттэ.
Эрдэлээбит кыылы Кировскай сиригэр-уотугар сыпсай сиэллээҕи утумнаахтык иитэр Антон Кардашевскай бултаата. Кини ити эргин сылдьан сылгытын дэлэтэр, харыстыыр туһуттан бөрөҕө эмиэ сонордоһор. Бу кыстыкка үс ардай аһыылааҕы үктэтэн турар.
Онон нэһилиэк өссө биир сорсуннаах булчута кыылга-сүөлгэ эрэ буолбакка, киһиэхэ кытары улахан кутталы үөскэтиэн сөп адьырҕа бултанна.
Вячеслав Алексеев, Үлэ күүһэ хаһыат