20 Муус устар 20.04
  • -1°
  • $ 93,44
  • 99,58

Елена Волкова: Владимир Путин саҥа миэрэлэрэ Саха сирин 25 000 ыалыгар туһаайыллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова бэлиэтээбитинэн, Владимир Путин дьаһала Саха сиригэр 25 тыһыынча ыалга туһаайыллыаҕа. 3 — 7 саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэр өйөбүл саҥа миэрэлэринэн туһаныахтара, СИА министиэристибэ пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


Миниистир Елена Волкова эппитинэн, оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэр кэҥэтиллэллэр. Саха сиригэр бу сыалга туттуллар үбүлээһин икки төгүл улаатта, былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ, 12 млрд солк кэриҥэ буолла.

Коронавирус пандемиятын кэмигэр Ил Дархан дьаһалынан регионнааҕы өйөбүл оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ эмиэ оҥоһуллар.

Пресс-конференция кэмигэр Владимир Путин 7-тигэр диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр бырагыраама оҥоһуллубутун эттэ. Билигин ыал дохуотун таһымыгар сыана биэрэн, суоттаан, учуоттаан, 2021 сыл тохсунньутуттан оҕолоох дьиэ кэргэттэр ыйдааҕы төлөбүрдэри ылыыларын хааччыйыыга сорудахтаата. Пандемия кэмигэр бу ыалларга улахан көмө буолара бэлиэтэннэ.

Маны сэргэ Владимир Путин 7-гэр диэри саастаах оҕолоох Россия ыалларыгар 5 тыһ солк Саҥа дьылынан биэрэр туһунан эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА