22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Электросамокаты туттуу быраабылатын кэстэххинэ ыстырааптаныаххын сөп

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Электросамокаты туттуу быраабылатын кэстэххинэ ыстырааптаныаххын сөп, 30 тыһ солк диэри. От ыйын 10 күнүгэр Госдуума бастакы ааҕыыга электросамокаттары туттар дьоҥҥо ыстыраап туһунан бырайыагы ылынна. Ол туһунан аллара балаата саайтыгар сурулунна.
Көннөрүүлэргэ олоҕуран, электросамокаты итирик туруктаах ыытыы иһин 20 000 — 30 000 солк, хааччахтаах түргэни тутуспатаххына — 500 — 5000 солк ыстырааптанаҕын. Суол саахалын чэпчэки көрүҥүн таһаардаххына 2000 — 5000 солк, ыарахан көрүҥэр — 10 000- 15 000 солк.

Маны сэргэ автомагистралынан айан, суол быһа охсуһуутугар быраабыланы кэстэххинэ, тротуарынан сырыыга, саахал тахсыбыт сириттэн куоттаххына, итирдэр утаҕы испиккин туоһулуур бэрэбиэркэни  ааһыыттан аккаастаатаххына — ыстыраап.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА