Хаҥалас улууһуттан сылдьар Егор Филиппов быйыл Дыгын оонньууларыгар кыайан кыттыбат буолла. Санатан эттэххэ, кини бу күрэс биэс төгүллээх кыайыылааҕа буолар. Өрөспүүбүлүкэ спорт национальнай киирсиилэригэр сүрүн лидерэ тоҕо кыттыбат буолбутун спортсмен тренерэ Иван Белолюбскай быһаарда.
«Егор эчэйиититтэн сылтаан толору эрчиллэр кыаҕа суох. Эчэйиитэ ыарахан соҕус, эмтэнии ирдиир. Реабилитациятын үчүгэйдик аһардаҕына, чөлүгэр түстэҕинэ, баҕар, эһиил Дыгын оонньууларыгар төннөрүөхпүт, онон интэриэс өссө да оннунан хаалыа», — диэтэ Иван Белолюбскай.
Санатан эттэххэ, Егор Филиппов Дыгын оонньууларын биэс төгүллээх кыайыылааҕа, чемпион кубогын үс төгүллээх хаһаайына буолар. Билигин спортсмен 31 саастаах, Дыгын оонньууларын балаһыанньатынан, күрэхтэһиигэ 40-гэр диэри саастаахтар кыттыахтарын сөп.
Билигин Дыгын оонньууларыгар чопчу кыттар сэттэ киһи аата биллэр — Алексей Уваровскай, Владимир Шологонов, Айсен Ботуев (өрөспүүбүлүкэ чемпионатын түмүгүнэн), Вячеслав Дьяконов, Николай Матананов, Дьулустан Ноговицын, Артем Варданян (чемпион кубогын түмүгүнэн). Егор Филиппов былырыыҥҥы оонньуу кыайыылааҕын быһыытынан путевкалаах этэ. Онон муус устар бүтүүтэ Дьокуускайга сүүмэрдиир түһүлгэҕэ оонньонуохтаах түөрт путевкаҕа өссө биир эбии квота эбиллиэҕэ.