Өрөспүүбүлүкэ биир улууһугар дьыссаакка оҕо аһыгар ананан кэлбит куурусса эриллибит этигэр антибиотик булулунна. Ол туһунан Амур уобалаһыгар уонна Саха сиригэр «Россельхознадзор» тэрилтэ иһитиннэрдэ.
Управление биэс дьыссаакка ас бородууктатын бэрэбиэркэлээтэ. Биир боруобаҕа — куурусса эриллибит этигэр, Ставропольскай кыраайга оҥоһуллубукка, энрофлоксацин антибиотик баара билиннэ. Бэлиэтээбиттэринэн, эриллибит куурусса этэ оҕо аһыгар туттуллуохтааҕа.
Россельхознадзорга чуолкайдаабыттарынан, энрофлоксацин антибиотик көтөр ыарыытыттан уонна ыарыыны сэрэтиигэ туттуллар. Эмп туттуллубутун кэнниттэн, идэһэлээһин 11 сууккаттан итэҕэһэ суох кэм ааспыт буоллаҕына биирдэ оҥоһуллар.
Маннык антибиотиктаах бородууксуйаны сиэтэххэ доруобуйаҕа охсуулаах, антибиотикка үөрүйэх үөскүүр, аллергиялыахха сөп.
Куурусса эриллибит этэ бүтүннүү оҥорон таһаарааччыга төннөрүллэр.