Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников Бүлүүлүүр суол 26-с килэмиэтиригэр тутулла турар бөҕү суортуур комплекс тутуутун билистэ. Бу эбийиэги үлэҕэ киллэрии Бүлүү трагын 27-с килэмиэтиригэр баар ТКО саҥа полигону үлэлэтэргэ кыах биэриэҕэ. Полигон урут тутуллубута эрээри, бастатан туран, бөҕү-сыыһы наардаан аҕалар ыстаансыйа суоҕуттан үлэлээбэккэ турбута.
«Тутуу сезона саҕаланыаҕыттан үлэ тэтимнээхтик бара турарын көрөбүт. Бүлүүлүүр суолга баар билигин үлэлии турар полигон туругун бары билэбит. Саҥа ыстаансыйа уонна, ол иһигэр 9-с килэмиэтиргэ баар ыстаансыйаны киллэрэн туран, бөҕү-сыыһы харайыыга бүтүн схеманы олоххо киллэрии түмүгэр, кытаанах коммунальнай тобохтору харайыы хаачыстыбата тосту уларыйыаҕа. Ыстаансыйа төһө кыалларынан түргэнник үлэлээн барыытын ситиһэргэ бары күүспүтүн ууруохпут. Оччоҕо куорат экологията да тупсуо этэ», — диэн Дмитрий Садовников бэлиэтээн эттэ.



