Олорор дьиэтэ уонна намыһах социальнай эппиэтинэстээх дьону кытта үлэ ыытыллар. Ол туһунан кулун тутар 25 күнүнээҕи брифиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.
«Социальнай хайысхалаах тэрилтэлэр үлэ ыыталлар. Биһиги саастаах дьон туһунан толкуйдуохтаахпыт. Ол иһин маннык хааччахтыыр миэрэлэр ылыллаллар», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Киһи быраабыгар боломуочуйалаах Сардана Гурьева СИА-ҕа эппитинэн, былырыын бэрэбиэркэ түмүгэр киин куоракка 600 киһи түптээн олорор дьиэтэ-уота уонна ыарахан балаһыанньаҕа түбэспитэ, доруобайа суох олоҕу олороро биллибит.
Бэлиэтиир эбит буоллахха, 2019 сыл бэс ыйыгар «Путь к дому» аахсыйа кэмигэр үс киһи ВИЧ-инфекциялааҕа биллибитэ.
«Эпидемия кэмигэр дьиэтэ суохтар сиэртибэ эбэтэр инфекцияны тарҕатааччы буолуохтарын сөп. Нэһилиэнньэ бу араҥата олус кутталлаах, онон былаас болҕомтотун тардар. Кыһалҕаны бары бииргэ быһаарарбыт ирдэнэр», — диэтэ омбудсмен.